Кэтэ?иилээх кэммит дьэ ??ннэ. Кэнсиэр буолуо а?ыйах м?н??тэ иннинэ саала?а ?рд?к у?уохтаах, э?килэ суох ыраас та?астаах, хара сэлээппэлээх саха?а олус интеллигентнэй ки?и ?р?? сибэкки дь?рб?т?н тутан киирдэ. Дьон бары кинини кэтии к?р?лл?р?ттэн симиттэн, т??к?й?-т??к?й?, кытыы диэки баран миэстэтигэр олордо. Оччолорго сибэккилээх кэлэр ки?и сэдэх этэ… Ол сибэкки сыта сааланы толорон кэбистэ. Бээгэй, ??лэс и?иттэн ону сытыр?ыы-сытыр?ыы, сиргэ силлээмэхтээтэ. Хара?а к?н?? биитинэн кынчыатыыр. К??рэгэй ол киэ?э ха?ан да ыллаабата?ын ыллаабыта. Кини абыла?наах куола?ыгар таптал нарын иэйиитэ бигэнэргэ дылыта. Ха?ан да умнуллуо суохтаах исти? тыллар атын ки?иэхэ ананалларыттан хара?ын ??тэ к?ст?бэт буола к?н??лээбит Бээгэй с?р ба?айытык то?угур гынан хаалбыта. Мин кини тугу эрэ ку?а?аны о?оруохтаа?ын сэрэйдэрбин да, К??рэгэй ти?эх ырыатын дуо?уйа истээри батыспата?ым. К??рэгэй б?тэрин кытта, били ки?и дьон бары к?р?н олордохторуна холкутук хааман тиийэн сибэккитин туттарбыта. Долгуйбут к?р??чч? хабыллар ыты?ын тыа?ынан до?у?уолланан мин чуулаантан подвалга тахсыбытым, туох эрэ хампырыта барар тыа?а бу баардыы и?иллэ т?стэ. Тыас ыскылааттан кэлэрин истэн онно ойдум. Тиийбитим, Бээгэй К??рэгэй са?а кэлбит пластинкаларын хампарыйбыт урусхалларын ортотугар туран, к?ллэрэстии-к?ллэрэстии дэлбэритэ быра?аттыыр. Ха?ыытаабытынан ойон тиийэн икки ордубут хоруопканы харбаан ылаат, ииримтийбит Бээгэйи хо?угар со?он илтим.
Ити т??н Бээгэй уоскуйбата, туран та?нан баран ханна эрэ тилир гынан хаалла. Мин кинини маныы сытыам дуо, дьиэбэр та?ыстым. К??рэгэй пластинкаларын а?ыйан хайдах буоларын ?йб?р о?орон к?р?н, олох утуйбатым. Сарсыарда эрдэ Бээгэйгэ тахсыбытым, ки?им ула?а хайы?ан сытар, кирдээх муоста?а хантан эрэ баар буолан хаалбыт били ки?и ма?ан сибэккилэрэ ы?ыллыбыттар. Туох эрэ б?р?к?тэ суох буолбутун сэрэйэн туруора сатаатым да, Бээгэйим ыт сиэбэт гына итирик.