Нэ?илиэк дьоно сааларын хары?ыйа-хары?ыйа туттарбыттара. Сорох ?ч?гэй саа туттарыллыбата?ын Сэмэн билэрэ да, ону булдунан эбинэр кимтэн да к?рд??б?т???, сааны хомуйааччыларга кэпсээбэтэ?э. ?ч?гэй саа диэн, тыа ки?итин саамай к?нд? мала буолла?а дии.
Биирдэ Караванов Федор Иванович диэн губчека боломуочунайа кэлэн, дьону хомуйтаран, мунньах о?орбута. Суо?ур?анан карабинын бэйэтин ?рд?нэн ???э ыйаабыта, остуолга бэстилиэтин ууруммута. Тылбаасчыт н???? у?уннук тыл эппитэ. Мустубут дьон чуумпуран олорон истибиттэрэ.
– …Сюда с востока идут белые, а мы – красные… – диэбитин аргы?а сахалыы тылбаастаабытын биир элбэх са?алаах ки?и ал?ас:
– Оччо?о би?иги ?р??нэр буоллахпыт… – диэн кэбиспитигэр мустубут дьон со?уйбуттарын к?р?н, Караванов аргы?ын ы?арыйан туран тылбаастыырыгар соруйбута…
– Ах, вон оно как! Ну, я вам покажу, что значит… если, вы все белые! Оказывается, поэтому все наши распоряжения медленно и нехотя выполняете! Ну, бандиты! Скоро приду!.. Разговор с вами будет намного круче, чем сейчас!.. – инньэ диэт, т?ргэнник хомунан, аргы?ынаан та?ырдьа ойдулар.
Хас да хонон баран т?тт?р? и?эр сура?а и?илиннэ. Караванов Ой Бэскэ хоно сытан чыамайыкыларга: «Губчекаттан к???л ылан и?эбин – бандьыыттары бандьыыттар курдук тутуом, сорохторун хаайыыга ыытыам, атыттарын ытан ?л?р??нэн накаастыам!» – диэн сааммыт.
Нэ?илиэк дьоно ону истэн куттаныы б??? буоллулар! Икки эдэр уол, кимтэн да ыйыппакка-к???ллэппэккэ, кэлэр суолугар чокуур бинтиэпкэлээх то?уур о?ордулар. Сыар?алаах аттаах кэлбит Каравановы суол кытыытыгар са?а сытан ыттылар. Биирдэрин саата эстибэтэ. Икки?э – сыы?ан кэбистэ. Сыар?алаах аттаахтар т?ргэнник эргиллэн, миэстэлэриттэн ойутууларыгар, бараа?калаах ки?и э?иллэн хаалла. Тура эккирээт, тыа?а т?стэ.
Уолаттар бэрт т?ргэнник дьиэлэригэр т?нн?н, дьо??о тугу гыммыттарын уонна Караванов кэлбитин кэпсээтилэр. Дьон кырдьа?ас ?тт?, уолаттары улаханнык м???р-этэр солото суох т?ргэнник мустан, ыалга с?бэ мунньах о?ордулар.
– Дьэ, до?оттоор, иэдээн буолла! Харабаанап чыкаа ааспат-арахпат абаа?ы буолан буулаата! Хайдах буолабыт? Ону с?бэлэ?ээри барыгытын мустубут, – нэ?илиэккэ улахан ытыктабылынан ту?анар саа?ырбыт ки?и дьонун, эргим-ургум тутар курдук бы?ыынан, чинчилиирдии к?рд?.
Бары са?ата суох с???н олорбохтоотулар. Онтон хас да т?с-бас к?р??нээх саас ортолоох дьон санааларын истэн баран, биир санаа?а, иэдээни-алдьархайы о?оруон иннинэ, «Каравановы суох гынарга» диэн ыарахан бы?аарыныыны ылыннылар.
– Би?иэхэ маннык бы?аарыныы кы?ал?аттан ??скээтэ: К?н сырдыга кимиэхэ барытыгар к?нд?! Харабаанап би?иэхэ ?ч?гэйи санаабакка кэллэ! Кини тыыннаах хаалла?ына, бары К?н диэки ?стэ эрэ к?р?б?т! Ким маны толоруох эр с?рэхтээх баарый? – диэн ыйытыыга бары са?аларыттан матан олордохторуна, та?ырдьа ыт ?рдэ.
Аан та?ынаа?ы атах оро??о олорбут биир дьада?ы та?астаах ки?и туран та?ырдьаны ???й?н к?рд?:
– Сэмэнчик Мэхээлэйэп ар?ааттан от тиэйэн кэллэ. Ылынна?ына – кини ылыныа?а. Этэн к?р??, – диэтэ.
Чочумча буолан баран, эрчимнээх ба?айытык ааны тэлэйэ баттаан, аан туманы б?р?мм?т?нэн насревком чилиэнэ Сэмэн Мэхээлэйэп киирэн кэллэ.
– Хайа, бу туохха аттанан-атыырданан бары му?уннугут? Туох ?л?гэрэ буолла? – Сэмэн у?а оро??о Караванов сыар?аттан э?иллиитигэр суолга т??эн хаалбыт карабинын тутан олорор Хайдаала Уола Б??т?ргэ кэлэн кэккэлэ?э олордо. Бэргэ?этин устан, бол?омтолоохтук истэргэ бэлэмнэннэ.
Кырдьа?астар туох буолбутун, туох бы?аарыныыга кэлбиттэрин кэпсээн биэрдилэр. Сэмэн, са?ата суох олорбохтоон баран, Хайдаала Уолуттан карабины э?э охсон ылла. Карабин сыалын бол?ойон к?рд?. Онтон, ма?а?ыынын арыйан, хас ботуруон угулла сылдьарын с??кээн, аахта.
– Т??рт ботуруоннаах, сыала хамсаабатах саа эбит. Эргэ со?ус буолан баран, к?н? буолуон с?п. Чыкаа хайаан ку?а?ан сааны илдьэ сылдьыай? Ким да ?т?? ба?атынан с?б?лэммэт буолла?ына, хайыахпыный, мин барабын! Бар дьонум, нэ?илиэгим дьонун ту?угар, к?р?н баран олоруом дуо? Биир ?ч?гэй ки?итэ а?алы?! Мин сааларым ыраах бааллар, ол и?ин бу сааны ылабын! Чэ, т?ргэнник! – диэн тиэтэттэ.49
Сэмэ??э к?м??? Хайдаала Уолун биэрдилэр. Ки?илэрэ дьиэтигэр баран, бэрдээнин ылан кэллэ. Сыар?алаах атынан то?уур буолбут сиригэр илтилэр.
Уолаттар Караванов тыа?а т?сп?т суолун баты?ан истилэр. Ар?аа – кэлбит суолун баты?а барбыт. ?р буола-буола суолга киирэр уонна салгыы тыанан айанныыр эбит. Биир сиргэ саабылатын хаарга туруору анньан хаалларбыт. Хайдаала Уола ону ылаары гыммытын Сэмэн тохтотто:
– Тыытыма! Туох эрэ сыаллаах хаалларбыт! Т?нн?н и?эн сэрэнэн к?р??хп?т.
Салгыы баран истилэр. Биир сиргэ, олох са?ардыыта, суолтан туораан, бэйэтин суолугар то?уур о?ороору гынан баран, хаххаланар миэстэтин сирэн буолуо, суолугар т?нн?н, салгыы, к?н?т?к барбыт.