А?ата ол кэлээт, Б?л?? Баппа?аайытыгар кэргэн кэпсэппит. Онно к???н тиийэллэр да у?аабаттар. С????лээх-астаах сэниэ дьахтар биир ына?ын акка атастаспата?ын и?ин арахсан хаалаллар. Б?л?? куоратыгар хайы?арынан киирэн бурдук со?он тахсарын ыарыр?аппыт буолуохтаах, ол и?ин аттана сатаата?а буолуо. Уолун Гуорунай Атамайыгар а?алан балтыгар хаалларар, бэйэтэ былыр ?йэ?э быралыйбыт Намыгар аа?ар. Эдьиийэ Матырыас кэргэнин а?ата Чылаа о?онньорго чобой буолан уол кы?ыннары-сайыннары холкуос ?лэтигэр тэ??э сылдьы?ар ки?и буолар. Дьэ, бу о?онньор уончалаах уолу олох оскуолатыгар у?уйар. «Ки?и кыайбата диэн суох», – диэн тыллаах кырдьа?ас эбитэ ???.
Уйбаан билигин да?аны бу о?онньору олус ?ч?гэйдик ахтар. Хотоойулаах санаа?а, тугу ба?арар кыайарга-хоторго, олох араас мындырыгар ??рэтэрин та?ынан, дьону харахтарынан араарарга у?уйбут:
– Тоойуом, ки?и туох санаалаа?а, кимэ-туга хара?ар сурулла сылдьар куолута. Тымныы харахтаах дьонтон ?р?? дьалты тутта сырыт. Иннигин биэрбэти? ?ч?гэйин ?ч?гэй эрээри бэркэ бэрт т?бэ?ээччи. Эн ??рэммэккэ хаалбыккыттан хомойума. ??рэхтэннэххинэ, ?й м?кк??р?гэр ?л?рг?н да кэрэйбэт ки?и тахсар чинчитэ баар. ?лэ сатабылын т???н?н элбэ?и ба?ылыа?, соччонон дьон эйигин бэйэлэригэр тэ?ниэхтэрэ. ?лэттэн ?лб?т суох.
Ол о?онньору дьон: «М?л?к??рэп – ойуун», – дэ?эллэрэ ??? да, анал та?астаа?ын, тэриллээ?ин то?о эрэ ?йд??б?т. К?нн?р? ичээн э?ин эбитэ ини. Ол эрээри Уйбаан олорбутун устата тугу ситиспитин барытын Чылаа кырдьа?ас ?т??тэ-???т? диэн ааттыыр. О?онньор онноо?ор о?ус у?унун таах бырахпат эбит. О?о сылдьан ону элэгэс к?р?н а?арбыта кэлин элбэхтэ ту?алаабыта. Таба у?унуттан олус б??? быа тахсар диэн ааттыыр. Чахчы б???т?н ыт сыар?атыгар боруобалаан биллэ?э.
Онон Уйбаан Кырбы?аа?кын чулуу булчут буоларыгар икки кырдьа?ас улахан оруолламмыт. Биирдэрэ – Бубякин ыра санаатын кынаттаабыт, атына – Чылаа онтун олоххо киллэрэргэ у?уйбут.
Тиксиигэ о?олонон-урууланан, дьиэ-уот туттан, тутууга ?лэлээн дьон тэ?инэн олохтонон испиттэрэ баара… Биир ?т?? к?н ону барытын т??рэ эргитэн кэби?эр. Умулла дуу, умнулла дуу сылдьыбыт о?о эрдэ?инээ?и ыра санаата туох ааттаа?ы барытын т??нэри с?ргэйэн ?р? оргуйан тахсар. Ол – «Холбос» факторията Лээхэптэр арыыларыгар бултуу киирэр ки?ини к?рд??р сура?ын истии этэ.
– Урут кырса?а сылдьыбыты? дуо?
– Суох, ??рэниллиэ!
– Онно дьон бултаабата?а ырааппыт ???.
– Буоллун! Дьиэ баар диэбиттэрэ.
– Ытынан айаннаабыттааххын дуо?
– Суох, ??рэниллиэ!
Инньэ гынан куска эрэ сааламмыт ки?и, балыктан аты??а сыстыбакка сылдьан, «Холбос» кадровай булчута буоларга с?б?лэ?э охсор. Тутуутун начальнига ыытыан букатын ба?арбат: онно, ким да суох сиригэр, со?ото?ун тугу к?рд??н киирэ?ин? ?л??р? дуо?
– Буоллун! ?л??м суо?а, куттаныма! Биир ки?и сылдьарын сылдьыллыа! Эрэй бэйэтэ ??рэтиэ?э!
Оччолорго к????н-уо?ун ?гэнигэр сылдьара, ма?ы-оту тардан к?р? сылдьар саа?а этэ. «Ки?и сатаабата суох», – диэн ?йд?б?ллээ?э. Кырдьык, туохха барытыгар сыста?а?а: «Уус уола уус буолуохтаах!» – диэн ма?ы, тимири тэ??э тутан у?анара. «Онноо?ор ??рэ?э суох а?ам ча?ы маастара буола сылдьыбыта», – диэн кылгас кэм и?игэр тракторист, шофер идэлэрин ылбыта, бэл хаартысканы ба?ылаабыта. Кэлин: «Айыл?аны кытта кэпсэтэ ??рэннэххэ, барытын бэйэтэ бэриэт этэ сылдьар», – диир тылламмыта. А?а?ас муора?а моторканан и?нибэккэ сылдьарын к?р?-к?р? полярнай станция метеорологтара с???лл?р? ???. Чахчы айыл?а анаан айбыт о?ото оннук эргиччи дэгиттэр кыахтанар эбит буолла?а.
Кэргэнэ Шура мунаарыыта суох с?б?лэспитэ. Ыйга икки м????к хамнастаах ки?и ?с кыра о?олоох кэргэнин иитэрэ ыараханын билэрэ. О?олоругар детсад диэн суо?а, онуоха эбии дьиэ туттаннар ороскуотурбут кэмнэрэ этэ. Аны арыт к?н уонча?а тиийэ хоно?олоноллоро. Ол дьон и?эн-а?аан, арыт адаары?ан туран кэлэллэрэ. Онон дьон тэпсэриттэн сынньана т??эр ба?а иккиэннэригэр баара.
Эдэр дьон биир с?бэ?э кэлбиттэрэ. Бары бииргэ тутуспутунан сырыттахтарына, бэйэ-бэйэлэрин хардарыта ?й???н, хайдахтаах да ыараханы туоруохтарын с?б?. Онон тута ыраах айа??а бэлэмнэнэн барбыттара. «Холбостон» ?б?нэн да, та?а?ынан-сабынан да дуоннаах к?м? о?орботохторо. А?ыйах суума?а ол-бу кэнсиэрбэни, а?ыйах хапкааны уонна эргэ булт саатын биэрбиттэрэ. Онон хара бастакыттан бэйэлэрин бэйэлэрэ к?р?нэргэ к??эллибиттэрэ.
Уйбаан уулусса б??? буола сылдьар ыттартан сэнэх со?устарын талан, бэйэтэ мындырдаан о?орбут алта миэтэрэ усталаах сыар?атыгар к?л?йэ ??рэппитэ. Быа?а ??рэммэтэх ыттар сыар?а сы?аа?ын кытта кирэр этилэр. Ол и?ин быатын таба иигинэн э?ин би?э сатаан баран, сылыбырас торуо?у суксуру?уннарбыта, сыар?атын чараас ылта?ынынан ыллыктаабыта, быаларын хабыалаабат гына баайар алба?ы тобулбута. Сыар?атын кэбэ?эстик хомуллар гына, ?сс? кибитка курдук б?р????ннээх о?орбута.
Кэргэнэ эмиэ бэйэтин курдук т?ргэн-тар?ан туттунуулаа?а, сатаабата диэн суо?а. Чахчы да тэ?нээхтэр булсубуттара харахха тута быра?ыллара. Ханна, ха?ан булсубуттарын билсэ т??эн аа?ыа?ы? дуу.