Ол икки ардыгар куттаммыппыт аа?ан, эмиэ к?лсэн-оонньоон бардыбыт. Арай иннибитигэр сыар?а акка икки нуучча дьахтара олорон баран и?эллэр эбит. Сыар?а иннигэр куучардара хороччу олорбут.

«О?олоор, ити нуучча дьахталларын куттуо?у? эрэ!» – диэтэ ким эрэ. Онуоха?а туран би?иги бары, итирбит дьон буолан ха?ыыта?а-ха?ыыта?а балааскайдаан, суолу икки ?тт?нэн айаннаатыбыт. ?с киирбэх, били дьахталларбыт, би?игиттэн куттанан, суолтан туораан тахсан, би?игини эргийэ бардылар. Кинилэр тустарыгар кэлбиппит гэннэ, сырайдара туой би?иги диэки. Дьону куттаабыт дьон буоламмыт, к?ссэ-к?ссэ, би?иги суол устун аа?а турдубут. Нуучча дьахталлара би?игини туох эрэ диэн санаатылар буолла? Ойо?оспутунан киэ? ба?айы бурдук сонуоктара аа?ан истилэр. Бу дойду б?тэйэ да?аны би?иги б?тэйбитигэр майгыннаабат. Иккилии тоґо±олоох сигэ б?тэй киэ? хонууну устатын тухары бы?ыта с??рб?т. Элбэх да бурдугу ы?аллар эбит – бу аттакы диэн ааттаах дьон.

Барбахтаан и?эн, хас да эт тиэйбит угустаах тыа сахаларын к?р?ст?б?т. Би?иги чуга?аан кэллэхпит аайы, куораччыттарбыт туой угустарын суол кырыытын диэки салайаллар, ол гэннэ би?иги диэки сэрэммит харахтарынан к?р?лл?р. «Кинилэри туох билиэй? Ба?арда?ына, ити дьон эппитин талаан ылыахтара», – диэн саныыллар бы?ыылаах.

– Хайа диэкилэргитий, до?оор? – диэн Дьылаарба ыйытта.

– Намнарбыа-ыат! – дэ?э-дэ?э, угустаах дьон хап-сабар аа?а турдулар.

Бу дойдуга ки?и ки?ини кытта, суолга к?сс?н баран, т?р?т тохтоон кэпсэппэт. То?о ба?ас ку?а?анай? Билбэт дьоннорун ити курдук итэ?эйбэттэр. Би?иги тыабытыгар буоллар, биссибэт да дьон буоллахтарына, ?р ба?айы ону-маны кэпсэтэн, сэ?эргэ?эн аа?ыахтара этэ. Куорат чуга?а ити курдук кутталлаах, сэрэхтээх буолар эбит.

Сотору со?ус буолан баран, киэ? толоон хаба оттотугар элбэх ба?айы нуучча дьиэлээх дэриэбинэ к???ннэ. «Ол аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ», – дэстилэр аргыстарым. Суол кырыытыгар баар бурдук сонуогун м?чч? т??ээт, би?иги киэ? ба?айы к??л кытыытыгар тиийэн кэллибит. К??л, килэччи то?он баран, са?а хаарынан сабыллан т?г?р?йэн сытар эбит. К??л ар?аа ?тт?гэр у?ун ньолбо?ор нуучча дьиэлэрэ к?ст?лл?р. Ол дьиэлэр тастарыгар хас да кэби?иллибит от турар. К??л тулатыгар эрбэгэй со?ус мастаах алар тыа алааран к?ст?р. Анараатах мыраан ма?хайан, туналыйан к?ст?р. К??л муу?ун оттотугар дьон б?л??хсэн турар. Би?иги сиэлэр былаастаах хаамыынан му?ха?ыттарга тиийэн кэллибит. Ба?адьылаах тойон, Томторук о?онньор, илиитигэр кыл хамыйа?ы тутан туран, уолаттарын дьа?айан баа?ыныы турар эбит. Бэйэтэ у?уо?унан кыра, туоратынан барбыт, м?к? дь???ннээх саха о?онньоро; элэмтэ буолбут кугас дь???ннээх кулун тириитэ са?ынньахтаах, ба?ыгар эргэ ба?айы тугут чомпой бэргэ?элээх, илиитигэр эмиэ сылгы ты?а дуу, ханнык эрэ улахан ба?айы ?т?л?г? кэтэн кэбиспит. Кини бэйэлээ?и манна ким да?аны утары к?рб?т – му?халаах тойон буолар.

?р ба?айы саа?ына?ан баран, са?а дьон эбии кэлбиттэрин гэннэ, дьэ, му?халарын т??эрдилэр. Дьылаарба Мэхээлэ икки бытыга муу?уран хаалбыт, то?он ?кч?чч? таттаран баран, биир анньыыны сулбу тардан а?алан, муус анньан экчэрэ?нээтэ. «Эрэйдээх т??? эрэ балыгы сиэн абыранаары му?нанан эрэр буолла», – дии санаатым мин испэр. Ол эрээри мин да?аны туран к??? то?уйдум: ?т?мэх муус аннынан тыа?а т?л?г?рэйэн кэлэрэ эмиэ да ?ч?гэйгэ дылы буолар. Сотору со?ус буолан баран, му?хабыт та?ыста да, балык кэлбэтэ. «Бу бэйэлээх киэ? к??л буолан баран, балыга суох буолар эбит дуу?» – диэн Уйбаан би?икки бэйэбит икки ардыбытытар сибигинэстибит.

– Аны улахан уутун тардан к?р??ххэ, – диэтэ Томторук.

Ол кэнниттэн, айманан-сайманан, к??л улахан уутун тарда бардыбыт.

Ити икки ардыгар тымныы ба?айы тыал тыалырда, хаар т??эн кэллэ. Би?иги, о?олор, дэлби то?нубут, аччыктаатыбыт да?аны.

– О?олоор, то?мут буоллаххытына, бары?, ити сайыымка?а тахсан, иттэн, чэйдээн киири?, – диэтэ Дьылаарба.

Уйбаан би?икки, к??ллээх ?й??б?т?н с?гэн баран, ?с киирбэх, к??л ?рд?гэр баар сайыымка?а та?ыстыбыт. Ки?им улахан ба?айы бараан бэргэ?элээх, бараан сонноох. Дьэ, т?ргэн со?устук хааман холлурда?ан, сайыымкабытыгар тиийдибит. К??л сыырын ?рд?гэр кыра муус т?нн?ктээх нуучча дьиэтэ о?о?ун буруота тыргыйа турар эбит. Дьиэ ааныгар хас да сыар?алаах ат баайыллан тураллар, дьиэ?э дьоннор киирэллэр-тахсаллар. Ол эрээри би?иги, ол ку?а?ан дьиэ?э саантаабакка эрэ, антах, олбуор и?игэр киирдибит. Олбуор и?игэр улахан нуучча дьиэтэ баар эбит, ол анараа ?тт?гэр улахан ба?айы, оттотунан киирэр, аана чуулааннаах саха бала?ана турар. Би?иги, хайа да дьиэ?э киирэрбитин билбэккэ, дьулайбыт дьон бы?ыытынан отур-ботур кэпсэтэ турдубут. Ол турдахпытына, аттыбытынан са?а ырбаахылаах, ба?ыгар ?р?? былааттаах эдэр, ?ч?гэй дь???ннээх саха дьахтара, т?ргэн со?устук хааман, бала?ан диэки барда.

– Ыл, ити дьахтартан ыйыт, – диэтэ Уйбаан сибис гынан.

Онуоха мин хап-сабар ыйыттым:

– Сахалар манна хайа дьиэ?э олороллоруй? – диэн.

– Манна бааллар, – диэн баран, дьахтарбыт били саха бала?аныгар киирэн хаалла.

Перейти на страницу:

Поиск

Книга жанров

Похожие книги